Бэҕэһээ, олунньу ый 22 күнүгэр «Кыталык» норуот айымньытын дьиэтигэр «Чинэкэбит кырдалынан» аһаҕас республикатааҕы үҥкүү күрэҕэ буолан ааста. Ньурба, Сунтаар, Кэбээйи, Бүлүү улуустарыттан барыта 100-тэн тахса кыттааччы кэлэн үҥкүү кэрэ алыбын бэлэхтээн бардылар. Бу күрэх Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Люция Афанасьевна Прокопьева 40 сыллаах үлэтигэр анаан ыытылынна. Кылаан бирииһи Балаҕаччыттан кэлбит «Далбар Хотун» үҥкүү ансаамбыла (сал. Винокурова Анна) — «Долун» үҥкүү коллективыгар (сал. Прокопьева Л.А.) араас сылларга дьарыктаммыт оҕолор туруорбут 30000 уу харчытын ылан бардылар.
Бу тэрээһиҥҥэ билиҥҥи балаһыанньаҕа Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьа р уолаттарбытын санаан- ахтан аастыбыт уонна ытык иэстэрин толорон этэҥҥэ чугас дьонноругар, дойдуларыгар эргиллэллэригэр баҕаран туран киирбит үбү Бүлүү улууһугар ыытылла турар акцияҕа кыттыһан туттарары биллэрдибит.
Маны таһынан Бүлүү улууһун Культуратын управлениетын (сал. Дашевская А.А.), «Кыталык» НАДь, «Чернышевскай нэьилиэгэ» МТ (баһылык Амбросьев А.С.), Л.А. Прокопьева туруорбут бириистэрин — телевизоры, паровой өтүүгү Тыымпы, Бүлүү, Кэбээйи, Сунтаар коллективтара ылан илии тутуурдаах дьиэлэригэр үөрэ-көтө айаннаатылар.