Бүгүн Олунньу 10 күнүгэр «Кыталык» НАДь «Ытык саас ырыата» диэн 5-с төгүлүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас ырыа күрэҕэ буолла. Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Горнай улуустарыттан 50 саастарын ааспыт сцена ветераннара кытта кэллилэр. Күрэх усулуобуйатынан икки ырыаны толордулар. Бастакы ырыалара үлэ, үлэһит киһиэҕэ, үлэни уруйдуур ис хоһоонноох ырыалар. Иккиһэ көҥүл тиэмэҕэ буолла. Ырыаһыттар ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Өрө көтөҕүллүүлээхтик. ис истэриттэн сырдаан туран, хас биирдии ырыа ылланна. Сэбиэскэй кэминээҕи ырыалары истэн көрөөччү биһириирин биллэрэн, дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ.Сунтаартан эр дьон ансаамбыла ыллаан күрэҕи киэргэттэ. Дьахталлар да ансаамбыллара хаалсыбатылар. Кэбээйи,Үөһээ Бүлүү, Горнай, Бүлүү улууһун кэрэ аҥардара истиҥ ырыалары бэлэхтээтилэр.Бу тэрээһиҥҥэ аҕам саастаах дьон сөбүлээн кыттар: манна кэлэн бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан, ырыа алыптаах эйгэтигэр киирэн, үөрэн-көтөн сэргэхсийэн бараллар. Биһиги тэрээһиммитин өйөөн спонсордаатылар: Чернышевскайдааҕы оҕо искусство оскуолатын коллектива, олохтоох дьаhалта, «Ыллык» кырдьаҕастар түмсүүлэрэ, «Гордость Земли родной» күрэх кыайыылааҕа Манчаары Трофимов аймахтара, бастакы «Ытык саас ырыата» күрэх кыайыылааҕа Иван Данилов. Кинилэргэ тэрийээччилэр ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Дьүүллүүр Сүбэҕэ үлэлээтилэр Бүлүүтээҕи народнай хор салайааччыта Ольга Корякина, Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын преподавателэ Варвара Егорова, Чернышевскайдааҕы оҕо искусство оскуолатын преподавателэ Анна Черкашина уонна элбэх республикатааҕы ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа Иван Данилов. Күрэх түмүгүнэн Гран при чыпчаал кыайыылаахтарынан буоллулар Кэбээйи Мукучуттан «Күбэйэ» ансаамбыл. Маны таһынан Сунтаар улууһун «Өрөгөй» эр дьон ансаамбыла көрөөччүлэр да, кыттааччылар да сүрэхтэрин тутан 1 степеннээх Лауреат буоллулар.
Тэрээһин үрдүк таһымҥа ааһан, кыттааччы элбэх буолан дьон-сэргэ астынан бардылар. Республикабыт баянистарын союһун знагын Роман Константинович Степанов С.М. Васильев аатынан Чернышевскай орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын учууталыгар Прокопий Григорьевич Вороновка туттарда.Өссө төгүл күрэх кыайыылаахтарын, Прокопий Григорьевыһы итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.