Иван Михайлович Гоголев — Кындыл үрдүк аатыгар аналлаах тэрээһин, төрөөбүт Бүлүүтүн сиригэр өрүү ыытыллар. Бүгүнҥҥү курдук аһаҕас уруок сылын аайы ыытыллар. Аны бу уруоктарга оскуоланы бүтэрэр оҕолор үгэс курдук сылдьаллар эбит. Ыытыллыбыта 10 ча сыл тухары, хас биирдии выпускникка олус интэриэһи тардар тэрээһин. Бу проегы И.М.Гоголев -Кындыл аат. Бүлүү улууһун библиотеката, Н.И.Ылахова аат. «Алгыс»НКК иилээн-көҕүлээн ыытар проега.Бүгүҥҥү уруогу Чернышевскай нэһилиэгиттэн, саха тылын учуутала Надежда Дмитриевна Семенова, олохтоох библиотекарь Любовь Прокопьевна Корякина уонна «Кыталык» норуот айымньытын дьиэтэ ыыттылар.
Уруок Кындылга аналлаах видеонан са5аланна.Уруок саҕаламмытын биллэрэн алтан чуораан лыҥкынаата. Бүгүҥҥү Чинэкэлэр уруоктара «Өйгүн үтүөҕэ эрэ туһан» диэн ааттанан саҕаланна.Суруйааччы эпос, лирика, драма жанрдарыгар үлэлээбитэ чопчу ыйылынна. Кини үлэтин кыратык сэгэтэн ыллылар. Бүгүҥҥү уруок поэт лирикатыгар аналлаах буолла.»Саха тылынан» диэн хоһоонунан 11 кылаас уолаттара саҕалаатылар.»Өйгүн үтүөҕэ эрэ туһан» диэн бэчээттэнэ илик айымньытынан тэттик сценка «Бэтиэхэлээх бэртэрэ» драм коллектив көрдөрдүлэр.Оруолларга оонньоотулар: тураах — С.Протопопова, Алаа-Моҕус — В.Веревкин, чыычаах — Д.Михайлова. Көрөөччү ытыс тыаһынан сэҥээрбитин биллэрдилэр.»Үчүгэй» диэн хоһоонугар А.Калининскай-Луҥха мелодия суруйбута. Ырыаны толордо Айта Корякина. Кындылга анаммыт бэйэтин хоһоонун Н.Д.Семенова аахта. Бүтэһик өлөр күнүгэр суруйбут «Биири биллим дии» хоһоонун А.Семенова аахта. Уруок түмүгэр «Аан дойду ыччата» диэн ырыаны уруокка мустубут оҕолор бары ыллаатылар. Аһаҕас уруок бэлиэтин Өкүндү нэһилиэгэ эстафета быһыытынан тутта. Эһиилги выпусниктар И.М.Гоголев — Кындыл туһунан өссө элбэх саҥаны билиэхтэрэ.